Публикации воспитателей детских садов
О проекте

Сценарий музыкального спектакля "Чиполлино и его друзья" (на якутском языке) для детей дошкольного возраста

Сивцева Валентина Михайловна Сивцева Валентина Михайловна
DOC
112
2
Предпросмотр

Музыкальный спектакль «Чиполлино уонна кини до5отторо».


Сыала: О5олорго куьун туьунан ейдебулу биэрии, чинэтии.
Оруоллар:
Сэбирдэхтэр – кыра белех иитиллээччилэрэ.
Тэллэйдэр, отоннор – орто белех иитиллээччилэрэ
Чиполлино –
Тыква –
Лимон –
Помидор –
Виноградинка –
Редисочка –
Груша –
Вишенкалар –
О5уруот астара, фрукталар – улахан-бэлэмнэнии белех иитиллээччилэрэ.


Куьун: Дорооболорун, о5олоор! Тиийэн кэллим эьиэхэ сырдык ыраас мичээри бэлэхтээри, бутэьик сылаас куннэр сарданаларынан сыдьаайа, сылыта. О5олоор, эьиги мин ханнык дьыл кэмэ буоларбын билэ5ит дуо? (о5олор эппиэттэрэ) Саамай сеп, мин Кемус куьуммун!
Кемус куьун тыала куускэ саба биэрдэ.
Ара5ас сэбирдэх аллараа тэлээрдэ
Ара5ас сэбирдэх суол устун тэлгэннэ.
Кыракый атахчаан ункуулээн тэлээрдэ.
«Сэбирдэхтэр ункуулэрэ» (кыра белех)
Куьун: Кемус куьун, кунду куьун
Кулэн-уерэн кестен кэллим
Отон, тэллэй олус дэлэй.
О5о аймах онно барыах.
Отоннуохпут тэллэйдиэхпит
Дьоммутугар туьалыахпыт.
Ырыа «Ардахчаан» (орто белех).
Куьун: Куьун тугу бэлэхтиирий? (о5олор эппиэттэрэ)Куьун – анардас ардах туьэрэ буолбатах. Кини араас эгэлгэ дьуьуннээх, ардахтан кемускуур зонтиктаах. Куьун улахан элбэх араас фрукталардаах, о5уруот астаах, минньигэс битэмииннээх соктаах. Куьун – остуоруйа дойдута. Остуоруйа дойдутугар о5уруот астара, фрукаталар тиллэллэр, киьи курдук буолаллар.
Фрукталар ункуулэрэ.
Чиполлино киирэн кэлэр. Эргиччи ункуулээн хаамар.
Ч: Мин аатым - Чиполлино, мин – лук уолчааммын. Куьун бэлэ5э буолабын. Бииргэ тереебуттэр элбэхпит (тарба5ын токурутан аттаталыыр) Чиполето, Чиполуча, Чиполочо уонна мин.
Эргиччи ункуулээн хаамар.
Залга Тыква киирэр.
Ч: Дядюшка Тыква, дорообо! Дьиэ5ин тутан буттун дуо?
Т: Кыралаан тута сатыыбын да, бутэрэ иликпин. Кыьын буолуор диэри туттарым буолуо… (хомойон ере тыынар)
Ч: Дядюшка Тыква, хомойума! Бу олорор о5олор кемелеьуехтэрэ! (орто белех о5олорун ынырар) Отоннор-тэллэйдэр, кэлин! Тыква5а дьиэтэ тутан биэриэххэйин!
Модультан эбэтэр кубиктан дьиэ туталлар.
Тыква дьиэ иьигэр киирэр.
Т: Олус учугэй дьиэ буолла! Отоннор, тэллэйдэр, баьыыбаларын!
Ч: Баьыыбаларын о5олор! (тахсан барар)
Барабан тыаьыыр. Лимон уонна Помидор киирэн кэлэллэр.
Л: Мин саьархай лимоммун, аьыы да аьыы амтаннаахпын! Фрукталар принцтара буолабын!
П: Онтон мин сеньор Помидорбун, о5уруокка ууммутум. О5уруот астарын баьылыктара буолабын!
Лимон о5олор аттыларынан хааматалыыр, Тыква дьиэтин аттыгар тохтуур.
Л: Бу ким дьиэтэ турарый? Ааьар суолбутугар мэьэйдиирий?
П: Ким кенулэ суох дьиэ тутта?
Тыква дьиэтиттэн енейер.
Т: Мин – Тыквабын. Кыьыны кыстыыр дьиэ туттубутум.
П: Кер да маны, биьигиттэн ыйыппакка дьиэ туттубут ессее!
Л: Тыкваны ууруеххэ!
Икки еттуттэн Тыкваны туталлар, дьиэтиттэн уурэн таьаараллар.
П: Бу дьиэ5э мин ыппын а5алан олордуо5ум. Эн сэрэн, дьиэ5эр киирэн кереер эрэ! (Тыква5а сутуругун кердерер).
Лимон уонна Помидор тахсан бараллар. Тыква ытыы хаалар.
Музыканан Вишенка-графинялар киирэллэр.
ВВ: Здравствуйте, Тыква!Дядюшка Тыква, то5о ытаатын?
Т: Хайдах ытыам суо5ай? Чиполлино табаарыстарын кытта миэхэ дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Ону принц Лимон уонна сеньор Помидор миигин дьиэбиттэн уурдулэр, ыттарын а5алаллар уьу! (маккыраччы ытыыр).
ВВ: Хомойума, Тыква! Тугу эмит толкуйдуохпут, дьиэ5ин теттеру ылыахпыт. Хата биьигини кытта оонньоон аралдьый.
Оонньуу «Арам-зам-зам»
Редисочка, Виноградинка ункуулуу-ункуулуу киирэллэр. Кэннилэриттэн Груша скрипка5а оонньуу-оонньуу киирэр.
Р: Дорооболорун, до5оттор! Мин Редисочкабын. (поклон онорор) О5уруокка уунэбин, сурэххэ майгынныыбын, кыьыл дьуьуннээхпин, олус битэмииннээхпин.
В: Мин Виноградпын. (поклон онорор) Итии дойду отоно буоламмын куну ордоробун, элбэх ууну себулуубун, саахардаа5ар минньигэспин.
Г: Онтон мин Грушабын. Ыраах Греция5а садка уунэбин, сэбирдэх быыьыгар уеьээ маска олоробун.
УЬУЕН: Дядюшка Тыква, то5о хомойдун?
Т: Хайдах хомойуом суо5ай? Чиполлино табаарыстарын кытта миэхэ дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Ону принц Лимон уонна сеньор Помидор миигин дьиэбиттэн уурдулэр, ыттарын а5алаллар уьу! (ытаары гынар).
УЬУЕН: Хомойума, Тыква! Хата биьигини кытта ункуулээн аралдьый. О5олоор, эьиги эмиэ ункуулээн.
Флешмоб «Мы ногами топ-топ-топ»
Ункуулээн буппуттэрин кэннэ Лимон уонна Помидор киирэллэр.
П: Ким биьигиттэн ыйытыыта суох ункуулуу сылдьарый?
Л: Бука бары барын мантан! (залга баар о5олору уурэ сатыыллар)
Чиполлино табаарыстарын кытта киирэллэр.
Ч: Эй-эй! Тохтоон эрэ! То5о о5уруот астарын сордуугутуй, дьиэлэриттэн уурэ5итий? Биьиги эйэлээхтик олоруохпутун ба5арабыт.
П: Караул! Биьиги тылбытын истибэт луук баар эбит!
Л: Тургэнник тутуохха, илдьэн хаайыахха!
Ч: Ессе тутан хаайаары гына5ыт да! (кыыьырар) Оччо5уна бу баар эьиэхэ! Мин билигин луугум уутун хараххытыгар ыьыам!
Лимон уонна Помидор харахтарыгар луук уута киирэн ытыыллар.
Л: Тохтоо, сеп буолуо!
П: Аны кими да ата5астыахпыт суо5а!
ЛП: Бырастыы гынын!
Ч: До5оттоор, бырастыы гынабыт дуо? О5уруот астара уонна фрукталар, отоннор уонна тэллэйдэр, сэбирдэхтэр уонна сибэккилэр куруук эйэлээх буолаллар.
Ырыа «Урожайная» (улахан-бэлэмнэнии белех)
Куьун: Манан куьунну остуоруйабыт тумуктэнэр. Керсуеххэ диэри!